Депутат Парасковья Козлова о 75-летии развития Хатасского наслега



19:33 08.05.2020 0 admin

75 сыл анараа еттугэр сэбиэскэй норуот ньиэмэс халабырдьыттарын кыайбытын туьунан уеруулээх сурах аан дойдуну тилийэ суурбутэ. Ер кууппут кыайыы ыраах Саха сиригэр тиийэн, саха дьонун сурэгэр тугунан да кэмнэммэт уеруу, дьолкыымын сахпыта, учугэй олоххо эрэли уескэппитэ. Хатас нэьилиэгин 5 холкуостарын улэьиттэрэ Ой-Бэскэ мустан, кыайыы ыьыагын ыспыттара. Онтон ыла эйэлээх олох сагаламмыта.

Хатастан 141 киьи Ага дойду улуу сэриитигэр ынырыллыбыттара. Тереебут сирдэрин, норуоттарын чиэьин туьэн биэрбэтэхтэрэ, хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Сэрии толоонугар естеехтуун харса суох сэриилэьэ сылдан 81 эдэр-чэгиэн ньургун уолаттар олохторун уурбуттара. 60 буойунахтылганнаах дьиэлэригэр – уоттарыгар тыыннаах эргиллибиттэрэ. Этэннэ эргиллэн кэлбит буойуттар колхуос, онтон совхоз улэтигэр утуе холобур буолбуттара. Билинни тапталлаах Хатаспыт сайдыылаах Хатас урдук аатын сугэригэр биьиги дьоммут, сэрии, улэ ветераннарын хорсун улэлэрэ олук буолбуттара.«Дойдум миэнэ_ Хатаьым» диэн кинигэбитигэрити чагылхайдык кестер, олохтоохтор ахтыыларыттан, хаьыаттар вырезкаларыттан оччотоогу кэм тыына кэлэр, дьоммут куустэрин-кудэхтэрин харыстаабакка, утуйар ууларын умнан туран улэлээн, тереебут дойдуларын сайдыы суолугар уктэннэрбиттэрэ.

Сэрии кэнниттэн холкуостары беденсутуу улэ барбыта. 1948с. «Ленин» уонна «Калинин» аатынан колхозтар холбоьон, «Ленин» аатынан, онтон «Каландарашвили» уонна «Кыьыл сулус» холбоьон, «Каландарашвили» аатынан колхозтар уескээбиттэрэ. Салгыы 1950с. икки колхоз куустэрин холбоон улахан «Ленин» аатынан хаьаайыстыба уескээбитэ. Председателинэн Петров Николай Петрович талыллыбыта. Сана уескээбит «Ленин» аатынан колхоз киинэ - Хатас сэлиэнньэтэ буолбута. Хатаска элбэх араас тутуу барбыта: хотоннор, ыскылааттар, дьааьыла – сад. Араас техника: трактордар, массыыналар баар буолбуттара. Дьоммут олохторо сыыйа- баайа тупсан киирэн барбыта.

Саха сирин тыатын сиригэрулахан социально – экономическай суолталаах тэрээьининэн баар колхуостары совхозтарга уларытыы буолбута. 1968-1975сс республикага 50 совхозтар баар буолбуттара, ол иьигэр, 1960сыл олунньу 25 кунунээгиРСФСР Тыатын хаьаайыстыбатын министерствотын № 60 бирикээьинэн «Хатас» совхоз тэриллибитэ. Бу сылларга тыа хаьаайыстыбатыгар элбэх уп керуллубутэ, элбэх техника кэлбитэ: трактордар, массыыналар, комбайнар, сана хаьаайыстыбалар кадр еттунэн бегергеебуттэрэ. Улэ куестуу оргуйбута. Совхоз киин уьаайбата Хатас улахан сэлиэнньэгэ кубулуйан испитэ. Сана хотоннор, мастерскойдар, гаражтар тутуллубуттара, ону кытары сана социальнай объектар тутуллан киирэн барбыттар: баанньык, детсадтар, остолобуой, кулууп,балыыьа, сана уопсай дьиэлэр. Производство сайдан, аныгылыы эттэххэЖ, инфраструктура кэнээн, Хатаска дьон ахсаана элбээбитэ. Ол курдук, 1965с. Хатаска хайы сах 386 хаьаайыстыбанан 1536 киьи олорор этэ.

70-с сыллардаахха республика тыатын хаьаайыстыбатын прозводительнай куустэрэ сайдан, дойдубут нэьилиэнньэтин олохтоох бородууксуйанан толору хааччыйар сыал сорук турбута, ол инниттэнсовхозтары специализациялааьын барбыта. Ол курдук, куорат таьынаага «Хатас», «Дьокуускай», «Маган» совхозтар республикабыт киин куоратын уутунэн, огуруот аьынан хааччыйыахтаахтар этэ. Туруоруллубут урдук соругу толорор инниттэн тыа сирин улэьиттэрин улэлиир усулуобуйаларын тупсарар улэ барбыта. Хатаска 1978с. сана таас животноводческай комплекс, онтон малай комплекс, сибиинньэ комплекса, улахан ититиллэр теплицалар тутуллубуттара. Хатас улэьит дьонун аата республиканы ааьан, бутун дойдубут урдунэн ааттаммыта. Улэгэ ситиьиилэрин иьин, бутун Союз урдунэн социалистическай курэхтэьиигэ инникилэр истэригэр киирэн совхозка 1982с. СССР 60 сылын аатын инэрбиттэрэ.

Хатас ессе сайдыбыта,тупсубута. Газтаммыта, ессе сана дьиэлэр тутуллубуттара,ол иьигэр таас дьиэлэр, суолларбыт асфальламмыттара. 1972с. сана типовой оскуола улэгэ киирбитэ. 80-с сыллар бутэьиктэригэр Хатас дьонун ахсаана 3-с тыьыынчаттан тахсыбыта. Чааьынай дьиэ тутуута куускэ сайдыбыта. Сана уулуссалар, микрорайоннарбаар буолбуттара.

Айдааннаах, бутун дойдуну аймаабыт, СССР эспит 90-с сылларга Хатас улэьит дьоно хаьаайыстыбаларын эспэккэ, ынахтарын ыабыттарын курдук ыы, хортуоппуйдарын, хаппыысталарын ыспыттарын курдук ыьа, тутууларын ыыппытарын курдук ыыта олорбуттара. Куорат олохтоохторо уутунэн , огуруот аьынан хааччылла турбуттара. Теье да ыараханын иьин, таас балыыьа, таас кулууп баар буолбуттара. Манна биьиги баар суох киьибитин Парасковья Павловна Федорованы ахтан-санаан ааьыахпытын наада. 1970 с. совхоз директорынан ананыагыттан Парасковья Павловна ер сыл ситиьиилээхтик хаьаайыстыбаны салайан, урдук чыпчаалга таьаарбыта, Хатаьы Хатас дэттэрбитэ, 90-с уонна «нулевые двухтысячные» диир да сыллардаахха эрэллээхтик дьонун дьалхаантан таьааран, совхоьу эстэрбэтэгэ. Билигин хаьаайыстыба сана ааттанан, суеьулэрин ыспакка, улэьит дьонун тута сылдьан, сибиэьэй уутунэн куорат олохтоохторун ессе да хааччыйа олорор.

Кэнники сылларга Хатаспыт ессе тубуста.Олохтоох бэйэ салайыныы сокуона олоххо киирэн, олохтоох дьаьалта тэриллэн, нэьилиэк сайдыытын былаанын олоххо киллэрэр улэ ессе куускэ барда. 60 сыллаагыта совхоз киин уьаайбатынан анаммыт 1.5 тыьыынча киьилээх Хатас хас эмэ тегул улаатан, сайдан, республика биир саамай улахан сэлиэннэтэ буолла. Сана детсадтар, сана оскуола, тыьыынчанан гаьынан ититиллэр дьиэлэр дьэндьэйдилэр. Элбэх саха тебуруннээн олорор нэьилиэгэ буолла. Хас эмэ уонунан сууьунэн сылларга ебугэлэрбит сайдыы туьугар улэлээн хара келеьуннэрин тохпуттара буорга симэлийэн хаалбакка, кэскил, сайдыы суолунан эрэллээхтик билинни хатастар айанныыллар.

Хатас нэьилиэгин уратытынан, урукку сэбиэскэй кэминээги сомоголоьуубутун туппутунан барытэрилтэлэр, общественнай тумсуулэр биир сыалга, ол эбэтэр, тереебут дойдубут сайдарын туьугар бииргэ улэлиирбит – хамныырбыт буолар. Сэрии кэнниттэн 75 сыл тухары эйэлээх халлаан анныгар олорон, 5 колхозтан биир улахан «Хатас» совхоз буолан, сайдан,ылбыт темпэбитин ыьыктыбакка, оччоттон баччага диэри улэьит дьоммутун холобур оностон, историябытын умнубакка, харыстаан, аныгы сайдыылаах Хатас буола улаатан кэллибит.

Кунду биир дойдулаахтарбын, ытык мааны ветераннарбытын, инники эрэллэрбитин эдэр ыччаттарбытын, эьигини барыгытын норуот буттуунун бырааьынньыгынан – советскай норуот 1941-45сс. Ага дойду Улуу сэриитигэр Кыайыытын кунунэн ис сурэхпиттэн эгэрдэлиибин. Биьиги бугун Кыайыы кунун саамай сырдык, уеруулээх бырааьынньык быьыытынан еруу махтана, сугуруйэ бэлиэтиибит, ага келуенэбит фронна уонна тыылга героизмнарын умнубаппыт уонна киэн туттабыт. Барыгытыгар ис сурэхпиттэн булгуруйбат дьулууру, ситиьиилэри,чэгиэн доруобуйаны, уьун ологу, дьолу уонна эйэни багарабын!


Козлова Парасковья Афанасьевна

2009-2018сс Хатас олохтоох дьаьалтатын баьылыга, Дьокуускай куорат дууматын депутата



ОКТЯБРЬ '24
СЕГОДНЯ

П В С Ч П С В
123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031


Теплоэнергия вручение наград с Днем работников ЖКХ


В Якутске традиционно зажгли первую новогоднюю ёлку России