​СТЕПАН ПАВЛОВ: “Сокуоннары үөрэтэрбин сөбүлүүбүн”



09:58 11.04.2019 0 admin

Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата, “Сэргэлээх” устудьуоннар куораттарын дириэктэрэ Степан Ильич Павлов.

– 1992 сыллаахха Уус-Алдан Майаҕас нэһилиэгэр төрөөбүтүм. 2010 сыллаахха Майаҕас орто оскуолатын бүтэрбитим. 2014 сыллаахха ХИФУ Естественнай наука институтун химическэй технология уонна биотехнология салаатын бүтэрбитим. Онтон 2018 сыллаахха ХИФУ Автодорожнай факультетын менеджмент салаатын бүтэрбитим.

2014 сыллаахтан университекка үлэлиибин. Былырыыҥҥыттан устудьуоннар куораттарын дириэктэринэн үлэлии сылдьабын.

– Дьокуускай куорат Дууматыгар кэлиҥҥи сылларга эдэр дьокутааттар талыллар буоллулар. Салалтаҕа, норуот интэриэһин көмүскүүр, туруорсар бэрэстэбиитэллээх уорганнарга эдэрдэр төһө тапсан, алтыһанүлэлиигит? Куорат дууматын үлэтигэр тугу уларытыаххын баҕараҕын, тугу биһириигин?

– Мин “Студенческай” диэн быыбардыыр уокуруктан таллыллан дьокутаат буолбутум. Бастаан утаа дьокутаат үлэтин билсэрбэр, элбэх баҕайы докумуону, балаһыанньаны, үлэлиир структуралары үөрэппитим.

“Ойуурдаах куобах охтубат” диэн саха өһүн хоһооно баар. Ол курдук, мин тэҥҥэ алтыһар, үлэлиир күүстээх хамаандам, ону тэҥэ хаһыс да сылын үлэлиир дьокутааттар уонна биир уокуруктан талыллыбыт Ил Түмэн дьокутаата Петр Васильевич Гоголев көмөлөрүнэн, үлэм ымпыгар-чымпыгар олус түргэнник киирбитим.

Куорат Дууматыгар бары норуот итэҕэлин ылан, кинилэр тустарыгар үлэлии-хамсыы сылдьар, норуот интэриэһин туруорсар бэрэстэбиитэллэр буолбут дьон үлэлииллэр. Кырдьаҕастар, эдэрдэр диэн хайдыспаппыт. Туруулаһар боппуруоһуҥ төһө суолталааҕа, дьоҥҥо төһө туһалааҕа сүрүн оруолу оонньуур.

– Эн устудьуоннар уокуруктарыттан талыллыбыт дьокутааккын. Ыччат, физкультура, спорт уонна чөл олох хамыыһыйатын салайааччыта буоллуҥ. Үлэҥ сүрүн торумнарын билиһиннэр эрэ.

– Куорат Дууматыгар ыччат, физкультура, спорт уонна чөл олох хамыыһыйатын салайааччыта буолбутум. Бу хамыыһыйа Дьокуускайга ыччат политиката хайдах ыытылларын хонтуруоллуур уонна үлэ барыта сөптөөх хайысханан салалларын ирдиир. Ыччат ортотугар атааннаһыы суох буоларын туһугар үгүс дьаһаллар ылыллаллар. Патриотическай иитиигэ үлэ утумнаахтык барар.

– Патриотизм уонна гражданскай иитии диэн өйдөбүллэрихайдах быһаарыаҥ этэй?

– Патриотизм диэн, мин санаабар, төрөөбүт сиргин, түөлбэҕин, дойдугун таптыыгын уонна хаһан баҕарар көмүскүүргэ бэлэм буолаҕын.

Гражданскай иитии диэн хас биирдии киһи эппиэтинэһэ. Билигин улаатан эрэр көлүөнэ куорат, өрөспүүбүлүкэ сарсыҥҥыта буоларын өйдүөхтээхпит. Кинилэр олоххо, дьоҥҥо сыһыаннара, дойдуларыгар төһө көмөлөөх дьон буола улааталлара барыта гражданскай иитии түмүгэ буолуохтаах.

– Ыччаты гражданскай, патриотическай иитиигэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн кырата суох үп көрүлүннэ. Тыырыллыбыт үп үксэ Дьокуускайга ананна диэн буолла... Эн бэйэҥ көрүүгэр үлэ хайдах барыахтааҕый? Тугу бастаан үбүлүүр нааданый?

Гражданскай, патриотическай иитии систиэмэлээх үлэни эрэйэр. Оннук иитии оҕо кыра эрдэҕиттэн ыытыллыахтаах, ол аата дьиэ кэргэн иһигэр сөптөөх гражданскай иитии бэриллэрин ситиһэ сатыахтаахпыт. Салҕыы оскуола паартатыгар, онтон үрдүк уонна орто анал үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр.

Мин санаабар, күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри солкуобай да хамнаһа, харчыта суох үлэлии сылдьыбыт уопсастыбаннай хамсааһыннарга, түмсүүлэргэ көмө оҥорон, кинилэр бырайыактарын бастакы уочарат үбүлүөхтээхпит.

– Студгородок билиҥҥи олоҕуттан ыйыттахха, төһө уопсай баарый, устудьуоннары уопсайынан хааччыйыы хайдаҕый? Туох сытыы кыһалҕалар туралларый?

– Устудьуоннар куораттарын олоҕо, буоларын курдук, ньиргийэн олорор. ХИФУ устудьуоннара холбоон 15 уопсайдаахтар. 6000 кэриҥэ оҕо уопсайга миэстэнэн хааччылынна. Олорор сирдэрэ суох буолан улахан кыһалҕалана сылдьыбыт оҕолор бары уопсайынан хааччылыннылар.

2018 сыл бүтүүтэ Губин аатынан уулуссаҕа өссө биир устудьуоннар уопсайдара аһыллан үлэлээтэ.

– Быыбар иннинээҕи бырагыраамаҕар ыйыллыбыт хайысхаларгар ыччакка сыһыаннаах “Хаачыстыбалаах үөрэхтээһин” диэн баар этэ. Бакалаврдары уонна специалистары бэлэмнээһиҥҥэ, үөрэх кыһатыгар саҥа дьиэлэри тутууга, атыылаһан ылыыга туспа көрүүлэрдээх этиҥ... Төһө кыаллыах курдугуй?

– Ити хайысханан үлэ бара турар. “100 магистрант” диэн бырагыраама үбүлэнэн, ХИФУ Дьокуускай куоракка наадалаах специалистары бэлэмниир. Петр Васильевич Гоголев өҥөтүнэн уонна күүстээх туруорсуутунан 17-ис оскуолаҕа эбии тутуу былааҥҥа киирэн, бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннары ситиһэ сылдьабыт. Инникитин оҕо саадын уонна оскуола дьиэлэрин саҥардыыга уонна кэҥэтиигэ үлэлэр барыахтара.

– Быыбардааччыларыҥ накаастара сүрүннээн туох этэй? Туох үлэ оҥоһулунна? Туох былааҥҥа баарый?

– Накаас элбэх этэ. Сүрүннээн олбуор иһинээҕи территорияны өрөмүөннээһин уонна оҕо оонньуур балаһааккаларын саҥардыы. Ону тэҥэ сокуона суох арыгыны атыылыыр тэрилтэлэри уодьуганнааһын этэ.

Сайыҥҥы кэмҥэ олбуор иһинээҕи өрөмүөнэ, оҕо оонньуур балаһаакката тутуллара күүтүллэр. Арыгыны сокуоннайа суох атыылыыр тэрилтэлэри кытары үлэ ыытыллар. Ол үлэ түмүгэр 2 административнай буруйу оҥоруу боротокуола толоруллубута. Ону таһынан, олохтоохтор көрдөһүүлэринэн, 10-тан тахса араас хабааннаах субуотунньуктар тэриллибиттэрэ.

– Ыччаты кытта идэни талыыга, үлэ миэстэтинэн хааччыллыыга туохүлэ барарый?

– Эдэр дьоҥҥо идэни талыыга, үлэлээх буолууларыгар туораттан хайаан да көмө наада. Холобур, ХИФУ аҥаардас оскуола оҕолоругар, орто анал үөрэх устудьуоннарыгар профориентационнай үлэни ыытарынан муҥурдаммакка, үөрэххэ киирбиттэрин кэннэ, таһынан үөрэхтээһини уонна идэтин ылбытын кэннэ үлэ буларыгар анаан араас тэрээһиннэри ыытар. Мин саныахпар, ханнык баҕарар бырайыагы, кыһалҕаны инник хас да түһүмэхтээн быһаарар быдан таһаарыылаах буолар.

– Түмсүүлэри кытта үлэлэһэр эбиккин. Олор тустарынан кэпсээ. Маннык түмсүүлэр ыччакка тугу биэрэллэрий, туох туһалаахтарый?

– Чахчы элбэх эдэр ыччат түмсүүлэрин кытта үлэлэһэбин, алтыһабын: “Объединенный Студенческий Совет Общежитий”, Улуустар ыччаттарын холбоһуктаах тэрилтэтэ, “МГЕР Якутск”, “УНИВЕРСИТЕТ” норуодунай дружината, Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын академиятын идэтийбит сойуустара. Маннык түмсүүлэр бу иннинэ этиллибит гражданскай уонна патриотическай иитиигэ улахан өҥөлөөхтөр. Кинилэр ыытар тэрээһиннэрэ барыта ыччат бириэмэтин көдьүүстээхтик атаарарыгар уонна кэнэҕэһин профессионал буола сайдарыгар туһуланаллар.

– Иллэҥ кэмҥин хайдах атаараҕын?

  • Оскуола саҕаттан, оҕо эрдэхпиттэн уопсастыбанньыкпын. Ол иһин билигин даҕаны иллэҥ кэммин уопсастыбаннай хамсааһыннарга, саҕалааһыннарга көмөлөһүүгэ атаарабын. Ону таһынан араас сокуоннары, ыстатыйалары үөрэтэбин уонна бэйэни сайыннарар литератураны үлүһүйэн ааҕабын.


Розалия Томская, “Киин Куорат”



ОКТЯБРЬ '24
СЕГОДНЯ

П В С Ч П С В
123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031


Теплоэнергия вручение наград с Днем работников ЖКХ


В Якутске традиционно зажгли первую новогоднюю ёлку России